Бу дьыл балаҕан ыйын 20 күнүгэр уһуйааммыт иһинэн тэриллибит “Көмүс күһүн” диэн атыы-дьаарбаҥкаҕа “Кэнчээри” кыра бөлөх көхтөөхтүк кытынна. Ол курдук, төрөппүттэр ас астаан аҕалан атыылаатылар, харчы киллэрдилэр. Киирбит харчы иитэр-үөрэтэр дьарыкка, аралдьытыыга аналлаах тээбириннэри атыылаһыыга туттуллуоҕа.
“Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн тиэмэлээх сорудаҕынан оҕолор дьоннорун кытары оҕуруот аһын үүннэриитин-хомуйуутун кэмигэр, айылҕаҕа сылдьан түспүт хаартыскаларынан бэрт сэргэх дьүһүйүү-буклет оҥоһулунна. Кырачаан оҕолорбут ол хаартыскаларын туһунан биир-биир туран кэпсээн чуопчаардылар. Ол кэннэ иитээччилэр күһүн туһунан киэҥник сырдатан презентация көрдөрдүлэр.
Түмүккэ, оҕолорбут барахсаттар оҕуруот аһын, фрукта, күһүн туһунан өйдөбүлү иҥэриннилэр, эрдэтээҕи билиилэрин хаҥаттылар.