Биһиги уһуйааммытыгар бу дьыл алтынньы 4 күнүгэр национальнай уус-уран мусуой үлэһиттэрэ олоҥхо быыстапкатын тэрийдилэр. Мусуой үлэһиттэрэ Ольга Васильевна уонна Наталья Игоревна кырачаан дьоҥҥо олоҥхо дьоруойдарын, кинилэр дьылҕаларын туһунан бэрт сэргэхтик, оҕо болҕомтотун тардар гына иһирэхтик иэйэн кэпсээтилэр. Кумааҕы хартыыналары “тилиннэрэн” көрдөрүүлэрэ оҕолору олуһун сөхтөрдө.
Бэл кыра бөлөх оҕолоро харах-кулгаах иччитэ буолан бэркэ иһийэн олорон көрдүлэр-иһиттилэр, улаханныын-кыралыын олоҥхо алыптаах эйгэтигэр киирэн ыллыбыт. Быыстапка кэннэ улахан бөлөх оҕолоругар ордук тугу өйдөөн хаалбыттарын, олоҥхону хайдах ылыммыттарын чопчулаан, чиҥэтэн уруһуйдатан көрдүлэр. Оҕолор барахсаттар балай да толкуйдуу түһэн баран, бэркэ кыһаллан сорудахтарын толордулар.
Аан дойдуга аатырбыт олоҥхобутун ити курдук оҕолорго кыра саастарыттан билиһиннэрии, кини сөҕүмэр күүһүгэр итэҕэтии хайҕаллаах үлэ. Онон түмүккэ национальнай ус-уран мусуой үлэһиттэригэр, чуолаан Наталья Игоревнага уонна Ольга Васильевнага дириҥ махталбытын биллэрэбит уонна аныгыскы быыстапкаҕа “көрсүөххэ диэри” дии хаалабыт.