«Эбээ, эһээ күнүнэн!»

Эбэм, эһэм барахсаттар,
Үөрэн-көтөн мичилийиҥ!
Сиэннэргитин кытары дьолу билэн,
Уһун-уһун үйэлэниҥ!
Алтынньы 29 күнүгэр Арассыыйаҕа эбээ уонна эһээ күнэ диэн олус истиҥ бэлиэ күн баар. Манан сиэттэрэн, «Кэнчээри» бөлөх оҕолоро иитээччилэрэ Сидорова Алена Антоновналыын бэлэх открытка оҥорон күндү дьонноругар туттардылар. Эбээ, эһээ туһунан хоһоон, ырыа иһиттилэр. Түгэнинэн туһанан, билиҥҥи уустук кэмҥэ ытык дьоммут чэгиэн сылдьан үйэлэрэ уһаатын диэн алгыспыт маанытын аныыбыт. 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *