«Кэнчээрилэр» Байанайы үөртүбүт

Саха дьонугар сэтинньи ый Байанай ыйынан биллэр. Онон бу дьыл сэтинньи 5 күнүгэр биһиги бөлөххө «Байанайы үөрдүү» диэн аралдьытыы ыытылынна. Маннык тэрээһин сыалынан булт иччитэ Байанай, ойуур кыылын-сүөлүн, көтөрүн-сүүрэрин, өрүс, күөл көмүс хатырыктааҕын, кыһыҥҥы айылҕа туһунан кыра саастан үтүө өйдөбүлү иҥэрии, оҕолору билиигэ-көрүүгэ көҕүлээһин буолар.

Бу күн оҕолор иитээччилэриниин араас ойуур кыыллара буолан оонньууну оройуттан туттулар. Ол курдук, таабырынтан саҕалаан “куобах” сыал ыттылар, балык хаптардылар, эстафеталаан сүүрдүлэр о.д.а. Булчут буолбут Арылхан Гоголев “кыыллары” бултаата, инньэ гынан Баай Байанайтан мааныланна. Аралдьытыы түмүгэр оҕолор хаартыскаларынан оҥоһуллубут “Байанай бэлэҕэ” презентация көрдүбүт, кумааҕы ойуур кыылларын оҥордубут.

Түгэнинэн туһанан, Баай Байанай мэтириэтин оҥорон аралдьытыыбытын киэргэппит Лилиябыт ийэтигэр Мотрена Николаевна Нестереваҕа истиҥ махталбытын биллэрэбит.

 


Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *