“Кэнчээрилэр” олоҥхолуун билистилэр

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, бу дьыл сэтинньи 27 күнүгэр “Олоҥхо дойдутугар айан” диэн бөлөх иһинэн аралдьытыы буолан ааста. Бу күн оҕолор иитээччилэрин кытары сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэн, хомус доҕуһуолунан олоҥхо дойдутугар “ыалдьыттаатылар”, оонньоотулар, оһуохайдаатылар.

Нэдиэлэ устата оҕолор олоҥхо туһунан кинигэлэри, оонньуулары, мультиктары көрөн-истэн, билиилэрин хаҥаттылар, тылларын сайыннардылар. Ону тэҥэ, Туйаарыма куону, олоҥхо дойдутун, бухатыыр атын уруһуйдаан быыстапка тэрийдибит. Иитээччи көмөлөһөөччүтэ Надежда Ефимовна Ньургун Боотур уонна абааһы бухатыырын куукулаларын оҥорон аралдьытыыбытыгар үөрэ-көтө туһанныбыт. Инникитин да көрдөрөн үөрэтэр матырыйаал быһыытынан туттуохпут турдаҕа… Түмүккэ олоҥхо үс дойдутун ситимниир Аал Луук маһы пластилинография ньыматынан оҥорон хоспутун киэргэттибит.

Дьэ ити курдук, кыра саастан саханы саха дэппит улуу олоҥхобутун үөрэтэн-истэн ийэ тылбыт сүмэтин иҥэринэ улаатабыт!


Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *