«Ийэ тылбыт барахсан…»

Ханнык да кэмҥэ, ханна да сылдьан

Киэн тутун, эн, саха буоларгынан!

Сахалыы намыын саҥанан,

Дууһаны күүркэтэр тойугунан…

Иван Мигалкин

Олунньу 13 күнэ – төрөөбүт төрүт тылбыт күнэ буолар. Бу күнү “Кэнчээри” бөлөх оҕолоро иитээччилэрин (Сидорова А.А., Егорова Л.П.) кытары саха таҥаһын кэтэн үөрэ-көтө көрүстүлэр, бэлиэтээтилэр. Ол курдук, хоһоон үөрэтэн доргуччу аахтылар. Барыта 11 оҕо кытынна: Атласов Платон, Аргунов Ильдар, Артемьева Соня, Дьяконов Илдьар, Михайлова Айна, Назарова Айна, Прибылых Дьулус, Семенов Сережа, Софронеева Ева, Тимофеев Гена, Федорова Рита. Салгыы уһуйаан иһинэн ыытыллыбыт “Ийэ тыл илгэтинэн…” видео-ааҕыыга кыттан, Дьулус Прибылых Гран-при, 1 миэстэ – Гена Тимофеев, 2 миэстэ – Рита Федорова, 3 миэстэ – Айна Михайлова буоллулар. Атыттар туоһу сурук туттулар.

Бу күнү көрсө оҕолор саха алпаабытын төрүттээччи, тыл үөрэхтээҕэ С.А.Новгородов туһунан уонна оҕо суруйааччыларын кытары билистилэр, билиилэрин хаҥаттылар. Ону сэргэ буукубаларынан оонньоотулар, саха төрүт дорҕооннорун чиҥэттилэр. Түмүккэ баҕа санааларын этэн туран салама ыйаатылар.

Инникитин тылбыт, сурукпут-бичикпит күнүн үтүө үгэскэ кубулутан, өссө киэҥ ис хоһоонноохтук ыытыахпытын баҕарабыт.


Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *