Биһиги “Кэнчээри” бөлөх оҕолоро биир сыл ааһан орто бөлөх буоллубут. Саҥа үөрэх сылыгар эбии 8 оҕо кэллэ, онон бөлөхпүт иһэ өссө улаатта, ахсаана элбээтэ. Быйыл бэйэбит да улаатан дьоһун дьон аатын сүктүбүт. Күннэтэ үөрэ-көтө тапталлаах уһуйааммытыгар, иитээччилэрбитигэр кэлэбит, саҥаны билэн, сонуну истэн кэпсээн кэһиилээх дьиэбитигэр төннөбүт.
Ону таһынан араас күрэхтэргэ төрөппүттэрбитин кытары көхтөөхтүк кыттабыт. Бу соторутааҕыта «Ийэ күнүн» көрсө хоһоон ааҕыыта буолан ааспыта. Ол күрэххэ биһигиттэн Аргунов Ильдар, Борисова Амелия, Нестерева Лилия уонна Петров Влад кытыннылар. Амелиябыт “Бастыҥ ааҕааччы” диэн дьупулуомунан наҕараадаланна. Бу оҕолорбут хоһоон ааҕыытыгар бастакы холонуулара этэ, онон инникитин кинилэргэ өссө да ситиһиилэри баҕарабыт. Ити иннигэр Мархатааҕы “Чэчир” Култууратын Дьиэтэ «Ийэбэр бэлэх» диэн оҥоһук күрэҕин ыыппыт тэрээһинигэр бүттүүн бөлөҕүнэн кыттан 2 миэстэлээх дьупулуомун туттубут. Инньэ гынан күн күбэй ийэлэрбитигэр икки бүк бэлэх оҥордубут.
Маны сэргэ дьыссааппыт иһинэн “Күһүҥҥү оҥоһук” күрэҕэ биллэриллибитэ. Барыта 6 оҥоһук киирбититтэн 1 миэстэни Артемьева Соня, 2 миэстэ Федорова Рита уонна 3 миэстэ Герасимов Петя ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Манна эбэн эттэххэ, Соня «Ойуур харабылын дьиэтэ» диэн оҥоһуга уокурук күрэҕэр 3 бочуоттаах миэстэҕэ эмиэ тигистэ. Онон оҕолорбутун истиҥник эҕэрдэлиибит, өссө да көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.
Күрэхтэри таһынан, 2020 сылга Саха сиригэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин 100 сылыгар анаан бөлөхпүт иһигэр “Мин эмиэ оҕо этим…” диэн хаартыска быыстапкатын тэрийдибит. Манна төрөппүттэрбит дьыссаакка сылдьыбыт кэмнэринээҕи хаартыскалара кэчигирэстилэр. Бэйэбит тапталлаах уһуйааммытын, иитээччилэрбитин уруһуйдаан көрдөрүккэ уурдубут.
Дьэ ити курдук, быйылгы үөрэхпит дьылын бэрт сонуннук, сэргэхтик көрсөн күннэтэ үүнэбит-сайдабыт!