“Кыракый көмүскээччилэр”

Олунньу 16 күнүгэр уолаттарбыт күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтибит. Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр анаан араас үлэ көрүҥэ ыытылынна: байыаннай тиэхиникэ оҥоһугун быыстапката, аҕалар, эһээлэр тустарынан видеопрезентация, эҕэрдэ хаһыат, бэлэх открытка оҥоруута, аҕалар мэтириэттэрин  уруһуйдааһын. Барыта 24 оҥоһук киирэн олус үчүгэй быыстапка тэрилиннэ. 18 аҕа, 2 эһээ туһунан астык видеопрезентациялары көрдүбүт-иһиттибит.

Кыргыттарбыт астына-дуоһуйа иитээччилэрин кытары уолаттарга хаһыат оҥорустулар, аралдьытыыга үҥкүү бэлэхтээтилэр. Ырыа-үҥкүү кэннэ күүспүтүн-уохпутун, түргэммитин-быһыйбытын, өйбүтүн тургутан 2 хамаандаҕа арахсан күрэхтэстибит. 5 түһүмэх түмүгүнэн «Танкистар» бастаатылар, онтон “Саллаат” хамаандата иккис буолла. Этэргэ дылы, түмүккэ доҕордоһуу кыайда. Оҕолор бука бары көхтөөх кыттыыларын иһин мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Уолаттар бэлэх тутан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Түмүккэ, тэрээһиммитигэр сүүрбүт-көппүт, көхтөөхтүк кыттыбыт төрөппүттэрбитигэр иитээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит! Өрүү бу курдук көхтөөх, эйэлээх буолуоҕуҥ!..


Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *