Кинигэ – билии төрдө
«Ааҕар балаҕан” диэн ааттаах оҕо кинигэлэрин быыстапката кинигэ нэдиэлэтигэр “Кэнчээри” орто бөлөххө тэрилиннэ. Оҕолор бу күн иитээччилэриниин дьиэлэриттэн сөбүлүүр кинигэлэрин уларсык аҕалан көрдөрүккэ туруордулар. Араас эгэлгэ кинигэни көрөн оҕолор олус сэргээтилэр, этэргэ дылы сиргэ төкүнүтэ сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр. Икки күн устата кинигэ суолтатын, ис хоһоонун туһунан билистилэр.
Түгэнинэн туһанан, төрөппүттэрбитигэр быыстапка ыытыллыбытыгар махтанан туран, оҕолоргут кинигэ аргыстаах улааталларыгар өссө күүскэ болҕомто ууруҥ диэн сүбэлиэхпит этэ. Билигин араас дьикти кинигэ дэлэй. Оҕо киэҥ билиилээх буоларыгар, тыла-өһө сайдарыгар кинигэ сүдү суолтатын хаһан да умнумаҥ!