«Папа, мама, я — спортивная семья»


С 26 октября по 2 ноября 2020 г. среди муниципальных бюджетных дошкольных образовательных учреждений городского округа «город Якутск» прошли спортивные соревнования «Папа, мама, я – спортивная семья», в заочном формате. С нашего детского сада активное участие приняли семья Борисовых с подготовительной группы «Почемучки». По итогам соревнования они заняли почетное II место. От имени детского сада благодарим Изабеллу Ивановну, Артура Михайловича за активное участие в жизни ДОУ, желаем вашей семье здоровья, благополучия!

 

Грамота

«Эбээ, эһээ күнүнэн!»


Эбэм, эһэм барахсаттар,
Үөрэн-көтөн мичилийиҥ!
Сиэннэргитин кытары дьолу билэн,
Уһун-уһун үйэлэниҥ!
Алтынньы 29 күнүгэр Арассыыйаҕа эбээ уонна эһээ күнэ диэн олус истиҥ бэлиэ күн баар. Манан сиэттэрэн, «Кэнчээри» бөлөх оҕолоро иитээччилэрэ Сидорова Алена Антоновналыын бэлэх открытка оҥорон күндү дьонноругар туттардылар. Эбээ, эһээ туһунан хоһоон, ырыа иһиттилэр. Түгэнинэн туһанан, билиҥҥи уустук кэмҥэ ытык дьоммут чэгиэн сылдьан үйэлэрэ уһаатын диэн алгыспыт маанытын аныыбыт. 

Новости старшей группы «Солнышко»


28 октября —  День всех бабушек и дедушек. В этот день принято звонить своим бабушкам, дедушкам, по возможности посетить их дома, посидеть, поговорить, а главное помочь в решении разнообразных проблем. Воспитанники старшей  группы «Солнышко» решили порадовать бабушек и дедушек подарками — открытками. С помощью цветной бумаги, цветного картона, клея  и ножниц, а также хорошего настроения ребята порадовали бабушек и дедушек чудесными открытками! Мы желаем старшему поколению уважения близких, здоровья на все годы и долгой жизни на радость всей семье!

«Кэнчээри» болох: «Саҥа үөрэх сылын сэргэхтик көрсөбүт…»


Биһиги “Кэнчээри” бөлөх оҕолоро биир сыл ааһан орто бөлөх буоллубут. Саҥа үөрэх сылыгар эбии 8 оҕо кэллэ, онон бөлөхпүт иһэ өссө улаатта, ахсаана элбээтэ. Быйыл бэйэбит да улаатан дьоһун дьон аатын сүктүбүт. Күннэтэ үөрэ-көтө тапталлаах уһуйааммытыгар, иитээччилэрбитигэр кэлэбит, саҥаны билэн, сонуну истэн кэпсээн кэһиилээх дьиэбитигэр төннөбүт.

Ону таһынан араас күрэхтэргэ төрөппүттэрбитин кытары көхтөөхтүк кыттабыт. Бу соторутааҕыта «Ийэ күнүн» көрсө хоһоон ааҕыыта буолан ааспыта. Ол күрэххэ биһигиттэн Аргунов Ильдар, Борисова Амелия, Нестерева Лилия уонна Петров Влад кытыннылар. Амелиябыт “Бастыҥ ааҕааччы” диэн дьупулуомунан наҕараадаланна. Бу оҕолорбут хоһоон ааҕыытыгар бастакы холонуулара этэ, онон инникитин кинилэргэ өссө да ситиһиилэри баҕарабыт. Ити иннигэр Мархатааҕы “Чэчир” Култууратын Дьиэтэ «Ийэбэр бэлэх» диэн оҥоһук күрэҕин ыыппыт тэрээһинигэр бүттүүн бөлөҕүнэн кыттан 2 миэстэлээх дьупулуомун туттубут. Инньэ гынан күн күбэй ийэлэрбитигэр икки бүк бэлэх оҥордубут.

Маны сэргэ дьыссааппыт иһинэн “Күһүҥҥү оҥоһук” күрэҕэ биллэриллибитэ. Барыта 6 оҥоһук киирбититтэн 1 миэстэни Артемьева Соня, 2 миэстэ Федорова Рита уонна 3 миэстэ Герасимов Петя ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Манна эбэн эттэххэ, Соня «Ойуур харабылын дьиэтэ» диэн оҥоһуга уокурук күрэҕэр 3 бочуоттаах миэстэҕэ эмиэ тигистэ. Онон оҕолорбутун истиҥник эҕэрдэлиибит, өссө да көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.

Күрэхтэри таһынан, 2020 сылга Саха сиригэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин 100 сылыгар анаан бөлөхпүт иһигэр “Мин эмиэ оҕо этим…” диэн хаартыска быыстапкатын тэрийдибит. Манна төрөппүттэрбит дьыссаакка сылдьыбыт кэмнэринээҕи хаартыскалара кэчигирэстилэр. Бэйэбит тапталлаах уһуйааммытын, иитээччилэрбитин уруһуйдаан көрдөрүккэ уурдубут.

Дьэ ити курдук, быйылгы үөрэхпит дьылын бэрт сонуннук, сэргэхтик көрсөн күннэтэ үүнэбит-сайдабыт!

«Почемучка» бэлэмнэнии болох сонуннара


Алтынньы 18 кунугэр «Почемучка» бэлэмнэнии болох Ийэ кунун бэлиэтээтэ. Кун кубэй ийэлэрбитигэр анаан э5эрдэ тыллары, махтал хоьооннору бэлэхтээтибит.

Алтынный ый 26, 27 куннэригэр  «Иллэн кэммэр мин собулуур дьарыгым» диэн , хас биирдии о5о проект онорон болох иьигэр табаарыстарыгар кэпсээтэ, о5олор интэриэьиргээн бэйэ бэйэлэрин сэргээн иьиттилэр.