«Кырачаан доҕорум, суолга сэрэхтээх буол!»

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр «Кэнчээри» кыра бөлөх оҕолоругар суолга сэрэхтээхтик сылдьыы туһунан бэсиэдэ, оонньуу ыытылынна. Манна оҕолор светофор, «зебра», суол анал бэлиэлэрин билистилэр, бэсиэдэ кэннэ оруоллаах оонньоон көрдүлэр. Светофор өҥнөрүн үчүгэйдик өйдүүллэригэр кэккэ сорудах бэрилиннэ. Ол курдук, светофор өҥүн үс төгүрүк магнитынан туруортаатылар, уруһуй светофору кырааскалаатылар.

Иитээччилэр Аграфена Ивановна уонна Алена Антоновна нэдиэлэ устата оҕолорго суол быраабылаларын, светофор, суол инспекторын туһунан кинигэ аахтылар, мультик көрдөрдүлэр.

Кырачаан оҕолорбутугар маннык бэсиэдэлэр туһалаахтара, наадалаахтара саарбахтаммат, тугу эмэни өйдөөн хаалбыттара буолуо диэн эрэнэбит.

Сэрэхтээх буолуу кэниспиэк


Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *