Олунньу 13 күнэ биһиэхэ ураты бэлиэ күммүт буолар. Бу күн саха алпаабытын төрүттээбит С.А.Новгородов төрөөбүт күнэ. Итиннэ олоҕуран Өрөспүүбүлүкэбитигэр ийэ тылбыт күнэ диэн ааттаммыта.
Биһиги уһуйааммытыгар бу бэлиэ күнү көрсө “Кэнчээри” уонна “Радуга” саха бөлөхтөрүгэр уус-уран ааҕыы, хомус дьүрүһүйэр дорҕооно кутулунна. Саха тылын педагога Мария Михайловна оҕолорго остуоруйа алыптаах түгэнин бэлэхтээтэ, хомус этигэн тыаһынан арчылаата.
Түгэнинэн туһанан, бука бары үлэһиттэрбитин, иитиллээччилэрбитин, төрөппүттэрбитин Ийэ тылбыт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт төрүт тылбыт барҕа баайбыт буоларын хаһан да умнумуох!…