Открытое занятие-концерт танцевального ансамбля «Калейдоскоп»


29 апреля- прошел Всемирный   день танца! Весь танцующий мир отмечает этот праздник и мы решили отметить День танца по своему.  Воспитанники танцевального ансамбля «Калейдоскоп» (подготовительные группы «Почемучки» и «Вундеркинды») показали открытое- занятие концерт для родителей. Занятие было организовано в форме класс-концерта через платформу ZOOM, где  подарили   прекрасный мир танца!

Вся наша наша жизнь-прекрасный танец

Вся наша жизнь калейдоскоп

Давайте танцем наслаждаться

Без лишних фраз, без лишних слов.

Такими словами мы начали свой концерт , где через экран наблюдали восторженные глаза родителей и педагогов нашего детского сада.

В течение учебного года дети  занимались в танцевальном кружке «Калейдоскоп», познакомились с разными жанрами хореографического искусства,  где освоили выразительно и эмоциально исполнять этюды и танцы народной хореографии, освоили сценическое пространство, умение слушать и слышать музыку, умение трудиться, быть коммуникабельными.

Нынешняя эпидемиологическая ситуация во всем мире внесла свои коррективы, все конкурсы, фестивали проводились в дистанционном формате, поэтому родители не имели возможности увидеть своего ребенка в реальном времени. Так, как все работаем в цифровом формате мы выбрали платформу ZOOM,  чтобы показать выступление детей родителям в реальном времени. Родители были довольны , было сказано много теплых слов и пожеланий!

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө…


Бу дьыл муус устар 26 күнүгэр «Кэнчээри» орто бөлөххө Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө «Саха төрүт оонньуулара» диэн спортивнай көччүйүү ыытылынна.

Оҕолор уруһуй дьарыгар бэйэлэрэ оҥорбут саха былаахтарын тутан, өрөгөй ырыатынан саалаҕа хааман киирдилэр. Ол кэннэ иитээччилэр Сидорова А.А. уонна Егорова Л.П. остуол оонньууларын оонньоон көрдөрдүлэр. Салгыы оҕолор түөрт көрүҥҥэ күрэхтэстилэр. Ол курдук, «Эрийии», «Ыараханы көтөҕүү», «Ойбонтон уулааһын» уонна «Уҥуоҕу тап» диэн. Оонньуу түмүгүнэн саамай уустук көрүҥнэринэн «Ойбонтон уулааһын» уонна «Уҥуоҕу тап» буоллулар. Кырдьыга даҕаны, өбүгэлэрбит бэрт мындыр оонньуулаахтарын итэҕэйдибит. Манна киһи сымсата, бэргэнэ, күүһэ, түргэнэ, толкуйа барыта түмүллэр эбит. Оҕолор бэркэ сэргээтилэр, өссө да өрүү оонньуохпут дэстибит, ону таһынан атын да оонньуу көрүҥнэрин сыыйа-баайа киллэрэн иһиэхпит турдаҕа.

Тэрээһин түмүгэр көхтөөхтүк кыттыбыт бары оҕолорго кыра сэмэй бириис туттарыллан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

«Кинигэ – биһиги доҕорбут!”


Кинигэ – билии төрдө

«Ааҕар балаҕан” диэн ааттаах оҕо кинигэлэрин быыстапката кинигэ нэдиэлэтигэр “Кэнчээри” орто бөлөххө тэрилиннэ. Оҕолор бу күн иитээччилэриниин дьиэлэриттэн сөбүлүүр кинигэлэрин уларсык аҕалан көрдөрүккэ туруордулар. Араас эгэлгэ кинигэни көрөн оҕолор олус сэргээтилэр, этэргэ дылы сиргэ төкүнүтэ сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр. Икки күн устата кинигэ суолтатын, ис хоһоонун туһунан билистилэр.

Түгэнинэн туһанан, төрөппүттэрбитигэр быыстапка ыытыллыбытыгар махтанан туран, оҕолоргут кинигэ аргыстаах улааталларыгар өссө күүскэ болҕомто ууруҥ диэн сүбэлиэхпит этэ. Билигин араас дьикти кинигэ дэлэй. Оҕо киэҥ билиилээх буоларыгар, тыла-өһө сайдарыгар кинигэ сүдү суолтатын хаһан да умнумаҥ!